Анал байыаннай дьайыыларга кыргыһыы хонуутугар охтубут Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров бойобуой таҥаһын «Арассыыйа – Мин устуоруйам» пааркаҕа үйэлээх харайыыга биэриэхтэрэ.
ДНР Саха сиринээҕи тирэх пуунун бэрэстэбиитэллэрэ байыас бронежилетын уонна шлемын РФ Бэрэсидьиэнин иитинэн үлэлиир СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр тиэртилэр.
«Саха сирин Биир кэлим сүрүннүүр киинин сорудаҕынан биһиги Дьоруой бойобуой таҥаһын көрдөөн буллубут. Инникитин даҕаны байыастар ааттарын уонна хорсун быһыыларын үйэтитиигэ көмөлөһөр буолуохпут», – диэн ДНР уонна ЛНР Саха сиринээҕи тирэх пууннарын салайааччыта эттэ.
Владимир Путин Новомайорское нэһилиэнньэлээх пуун аттыгар Украина сэбилэниилээх күүстэрин утары хорсуннук кыргыһан дьоруойдуу охтубут Жуков уордьаннаах муора пехотатын туспа гвардейскай 155-с биригээдэтин рядовойа Дмитрий Егоровка Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аатын иҥэрбитэ.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата