Саха литэрэтиирэтин төрүттэһээччи Анемподист Софронов – Алампа төрөөбүт сэтинньи 14 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ култуура уонна ускуустуба диэйэтэллэригэр кини аатынан бириэмийэлэри туттардылар.
Үбүлүөйдээх бэһис церемония Саха тыйаатырыгар Алампа төрөөбүт күнүгэр ыытылынна. Быйыл кыайыылаахтары 10 номинациянан быһаардылар:
«Литературное слово» – литэрэтиирэни чинчийээччи, тыл билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ Варвара Окорокова;
«Кылаан дьүрүскэн айааччы» – композитор Николай Михеев;
«Өрөгөйдөөх өйөөччү» – «Арктик Капитал» хампаанньаны төрүттээччи, меценат Матвей Евсеев;
«Дэгиттэр режиссёр» – Саха тыйаатыр режиссера Сергей Потапов;
«Чаҕылхай артыыс» – Саха тыйаатыр артыыһа Иннокентий Луковцев;
«Чаҕылхай артыыска» – Олоҥхо тыйаатырын артыыската Нюргуяна Маркова;
«Ырыа айааччы» – Иван Туласынов;
«Дархан ойууһут» - Александр Манжурьев;
«Киинэ эйгэтин чыпчаал үлэһитэ» – кинематографист Иннокентий Сивцев;
«Алампаҕа сүдү бэриниилээх» – Ем. Ярославскай түмэлин Чөркөөхтөөҕү филиалын сэбиэдиссэйин эбээһинэһин толорооччу Михаил Протодьяконов.
Быйылгы кыайыылаахтарга ааспыт сыл кыайыылаахтара скульптор Николай Чоччасов оҥорбут статуэткаларын туттардылар.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата