"Коммерсантъ" хаһыатын иһитиннэриитинэн, Сыыппара министиэристибэтэ «Арассыыйа почтатын» ордук ночооттоох салааларын өйүүргэ саҥа суолу-ииһи көрдүүр.
Онон, министиэристибэ регионнар салалталарыттан 10 тыһ. тахса нэһилиэнньэлээх тырааныспар, атыы-эргиэн, хааччыллыы өттүнэн сайдыылаах куораттарга сорох офистары сабар кыах баарын үөрэтэргэ көрдөстө.
Онтон босхоломмут харчыны тыа сиригэр баар салаалары үлэлэтэргэ, саҥардарга уонна хааччыйарга ыытар санаалаахтар.
Сонун төрдө: ТАСС