Алтынньы 24 күнүгэр өрүс кытылын кыйа айаннаан иһэр Ньурба куорат олохтоохторо Гаврил Корнилов уонна Михаил Тимофеев ууга түспүт киһини быыһыы сатыы сылдьар икки балыксыты көрбүттэр. Кинилэр муустаах ууга сылдьар киһиэхэ быаны быраҕан таһаара сатыыр эбиттэр. Айанньыттар тута көмөҕө ыстаммыттар.
«Ууга түспүт балыксыт, бөдөҥө бэрт буолан, чараас муус тостон хаалар эбит. Бу сиринэн уу түөрт килэмиэтиртэн дириҥ. Быыһыы сүүрбүт дьонтон биирдэстэрэ, ыйааһына чэпчэки буолан, тимирэн эрэр киһиэхэ хаптаһыны быраҕан онон тардан таһаарбыт. Тоҥо сыспыт эмсэҕэлээччи ити кэмҥэ олоҕун кытта бараһаайдаһар турукка киирбит. Онон, хайдах быыһаммытын өйдөөбөт. Гаврил уонна Михаил ити кэмҥэ чугас сылдьыбыттара – улахан дьон», - диэн Ньурбатааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээт начаалынньыга Афанасий Ноев бэлиэтээтэ.
Онон, СӨ Быыһыыр сулууспата мууска көҥүлэ суох тахсан былаҕайга былдьанымаҥ диэн сэрэтэр. Оттон мууска көҥүлэ суох тахсыы иһин административнай эппиэтинэс көрүллэр диэн тоһоҕолоон этэбит.
Сонун төрдө: CӨ Быыһыыр сулууспата