2019 сылтан ньиэп бородуукталарын оҥорон таһаарааччылар уонна “Саханефтегазсбыт” АУо икки ардыларыгар посредниктара суох буолалларын туһуттан саха хампаанньата ньиэп бородууктатын “Газпром нефть” аахсыйалаах уопсастыбаттан быһа атыылаһар.
Маны таһынан Дьокуускайга, Аллараа Бэстээххэ, Томмокко, Серебрянай Борга баар сорох сапыраапкалыыр ыстаансыйа “Газпромнефть” федеральнай партнер франшиза ньыматынан үлэлиир. Бу туһунан “Саханефтегазсбыт” АУо генеральнай дириэктэрин экэниэмикэҕэ, үпкэ-харчыга солбуйааччы Артем Ничипоренко иһитиннэрдэ.
– Ардыгар Саха сирин көрдөрөр-иһитиннэрэр таһаарыыларыгар сорох дьон “Саханефтегазсбыт” АУо ньиэп бородуукталарынан хантан хааччынарын туһунан сөбө суох иһитиннэриилэри тарҕатар, – диэн генеральнай дириэктэри солбуйааччы эттэ.
Ол иһин хампаанньа киэҥ араҥаҕа быһааран этэрэ тоҕоостоох буолла: “Саханефтегазсбыт” АУо уонна “Газпромнефть-Региональные продажи” ХЭУо посредниктар кыттыыларын суох оҥорорго быһа дуогабары түһэрсибиттэрэ. “Газпромнефть-Региональные продажи“ ХЭУо “Газпром нефть” аахсыйалаах уопсастыба собуоттарыттан бэнсиини, диисэл уматыгын, мазуту уонна СУГ Арассыыйа үрдүнэн атыылыыр. “Саханефтегазсбыт” АУо хампаанньа Илин Сибиирдээҕи салаатын кытта үлэлэһэр.
Ньиэп бородуукталарын Омскайдааҕы уонна Сургуттааҕы собуоттартан Саха сиригэр тиэрдэллэр.
Сайаапка түспүтүн кэннэ 30 күн иһигэр ньиэп бородуукталарын тиэнэллэр. Санкт-Петербург табаар-сырьё биирсэтиттэн Сибиир уонна Уһук Илин хайысханан ньиэп бородуукталарын атыыластахха, табаары 60 күн иһигэр тиэйэллэр. Ол эрээри сорох түгэҥҥэ эбии 30 күн ууһаан биэриэн сөп. Болдьоҕу хойутатар да түгэҥҥэ сааҥсыйа ыстарааба төлөммөт.
– Ол аата, табаар 90 күн иһигэр тиэллэр, – диэн тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччы быһаарар. Кини этэринэн, ньиэп бородуукталарын сыаната сыл аайы “Хотугу завоз” кэмигэр биллэрдик үрдүүр. Маны таһынан дойдуга үүнээйини ыһыы, хомуйуу кэмигэр эмиэ сыана үрдээһинэ бэлиэтэнэр. Арктика навигациятын кылгас кэмигэр “Саханефтегазсбыт” АУо тиэйии былаанын толорор уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ньиэп бородуукталарынан хааччыйар туһугар эппит сыаналарынан атыылаһарга тиийэр.
Табаар-сырье биирсэтин кыттыылаахтарыттан биирдэстэрэ нефтетрейдердэр, ол эбэтэр посредниктар, буолаллар. Кинилэр кыттар буоланнар, ньиэп бородуукталарыгар наадыйыы улаатар, ону кытта сыана эмиэ үрдүүр. Ол иһин “Саханефтегазсбыт” табаарын ньиэп бородуукталарын оҥорон таһаарааччылартан быһа атыылаһар, ньиэп бородуукталарын сыаната син биир Санкт-Петербурдааҕы табаар-сырьё биирсэтин сыанатыгар олоҕурар.
“Хотугу завоз”, үүнээйини ыһыы, хомуйуу, ону таһынан ньиэп бородуукталарын оҥорор таһаарар собуоттар өрөмүөннэрин кэмигэр “Роснефть” НК ПАУо, “Газпромнефть” ПАУо, “Лукойл” ПАУо уо.д.а. курдук вертикальнай-интегрированнай ньиэп хампаанньаларыгар барыларыгар ньиэп бородуукталарын атыылаһар сыаната үрдүүр.
Манна эбэн этэр тоҕоостоох: “Саханефтегазсбыт” АУо ньиэп базаларын филиалларыгар ньиэп бородуукталарын тиэрдии бороссодуурата 2021 с. от ыйын 18 күнүгэр тахсыбыт “О закупках товаров, работ, услуг отдельными видами юиридических лиц” 223-с №-дээх Федеральнай сокуоҥҥа, 2012 с. балаҕан ыйын 10 күнүгэр тахсыбыт “Об утверждении Положения о размещении на официальном сайте информации о закупке” РФ Бырабыыталыстыбатын ыйааҕар уонна “Саханефтегазсбыт” АУо туһатыгар табаары, үлэни, өҥөнү атыылаһыы бэрээдэгин балаһыанньатыгар олоҕуран оҥоһуллар.