Сэтинньи 25 күнүгэр XXII Евразия «Этно-Эрато» үрдүкү муода төрүт таҥаска күрэһэ түмүктэннэ. Манна Арассыыйа 20 регионуттан уонна 7 тас дойдуттан маастардар кытыннылар.
9 номинациянан барбыт күрэскэ 110 кэллиэксийэ кытынна. Саха сириттэн түөрт айар холбоһук: «Үктэл», «Сөргүтүү», «Сириктэ» уонна Хотугу омуктар иистэнньэҥнэрин сойууһа 9 кэллиэксийэни көрдөрдүлэр.
«Аныгы көстүүмҥэ төрүт омук матыыптара» номинацияҕа I миэстэни «Сахалыы орнаменнаах дьыалабыай уобарастар: офис истиилэ» кэллиэксийэлээх «Үктэл» холбоһук (сал. Жиркова Л.П.) ылла;
«Хоту, Сибиир, Уһук Илин норуоттарын бастыҥ көстүүмэ» номинацияҕа I миэстэни «Төрүт кыһыҥҥы соннор — Бууктаах сон» кэллиэксийэлээх «Үктэл» холбоһук (сал. Жиркова Л.П.) ылла;
Хоту сир тиэмэтигэр «Сириктэ» уонна Хотугу омуктар иистэнньэҥнэрин сойууһун (сал. Куличкина А.Е.) кэллиэксийэлэрэ II миэстэлэри ыллылар;
«Төрүт омук көстүүмүн сценаҕа кэтэн көрдөрүү» номинацияҕа 2 миэстэни Дьокуускайтан Софронова Надежда Михайловна «Өбүгэ илдьитэ» кэллиэксийэтинэн ылла;
«Саха мифологиятын иччилэрэ уонна айыылара» кэллиэксийэлээх «Сөргүтүү» холбоһук (сал. Харлампьева А.Ф.) III миэстэни ылла.
Сонун төрдө: "Симэх" норуот ускуустубатын киинэ