Киир

Киир

Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн уонна дьаһалынан, Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүн көрсө, ахсынньы 8 күнүгэр, фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум буолуоҕа. Манна бэтэрээннэр, муниципальнай тэриллиилэр уонна куорат уокуруктарын дэлэгээссийэлэр судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ кыттыахтара.

Пуорум чэрчитинэн Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К. Попов мэҥэ тааһыгар сибэкки ууруохтара, үөрэх кыһаларыгар байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарын кытта сэһэргэһиилэр буолуохтара. Оттон  Ю.А. Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы ускуустуба киинигэр Аҕа дойду Дьоруойдарыгар аналлаах быыстапка туруоҕа. Сүрүн кэпсэтии пленарнай мунньахха барыаҕа.

Ахсынньы 9 күнүгэр бэлиэтэнэр Аҕа дойду Дьоруойдарын күнэ, Арассыыйаҕа өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи Георгиевскай кавалердар күннэрин сөргүтүү быһыытынан, РФ Судаарыстыбаннай Дууматын быһаарыытынан 2007 сыл тохсунньу 26 күнүгэр олохтоммута.

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата