Киир

Киир

Дьокуускайга саамай уһун уонна куһаҕан репутациялаах 18 №-дээх маршрукка үлэлиир суоппардар бүгүн суолга тахсыбатылар. Суоппардар маршрут уларыйбытын сөбүлэспэтэх курдуктар. Урут Поярков уулуссатынан Автодорожнайга тиийэр буоллахтарына, аны Кулаковскай уулуссатынан сылдьыахтаахтар эбит. Ол эбэтэр, салайааччылар бу уларыйыыны кинилэри кытта сүбэлэспэккэ киллэрбит буолуохтарын сөп.

Куорат дьаһалтатын "Пассажирдары тиэйиини тэрийээччи" МКУ салайааччыта Эдуард Садовников бу түбэлтэ төрүөтүн бэрэбиэркэлии сылдьар сурахтаах. Суоппардары кытта сарсыҥҥа диэри уопсай тыл булбатахтарына, дуогабардары көтүрүөх буолаллар.

Уопсастыбаннай тырааныспар диспетчерэ эппитинэн, билигин куорат үрдүнэн баара-суоҕа үс эрэ 18 №-дээх оптуобус сүүрэр. Ол аата, кыраапык тутуһуллубат. Маныаха бу эрэ оптуобус тиийэр Речевой оскуола аттынааҕы тиһэх тохтобулга диэри куораттан элбэх оҕо, кырдьаҕас дьон айанныыр.

Санатар буоллахха, бу маршрут биһиги ыыппыт "Саамай куһаҕан маршрут" ыйытыкпытыгар бастакы миэстэни ылбыта. Пассажирдар маршрут сиэри таһынан уһунун, биир уһуктан биир уһукка диэри куорат аҥаарын кэрийэн, онон-манан эргийэн икки чаас кэриҥэ айаннаан тиийэрин ыйбыттара.

Манна сылдьар оптуобустар үгүстэрэ эргэлэр, тымныылар, айаннаан иһэн элбэхтик алдьаналлар. Аны туран, бу туһаайыынан биир даҕаны сылаас тохтобул суох. Урут Речевой оскуолаҕа, чааһынан да буоллар, олус кылгас уонна табыгастаах 13 №-дээх маршрут сылдьара. Ону төнүннэрэр тоҕо кыаллыбата буолла?

Чэ, быһата, суоппардар үлэлии тахсыбатах төрүөттэрэ маршрут уларыйыыта эрэ буолбатах быһыылаах диэн сабаҕалыыбыт.

Бэйэ кэр.