«Арассыыйа почтата» Бартыһаан, Бүтэй Үрдэ уонна Чинэкэ сэлиэнньэлэригэр баар салааларын өрөмүөннээтэ, саҥа туһалаах өҥөлөрү киллэрдэ. Ол курдук, бу күннэргэ Бартыһааҥҥа саҥардыллыбыт почта дьиэтэ аһылынна. Бу сэлиэнньэҕэ 1 000 аҕыйаҕа суох киһи олорор.
Хампаанньа алта ый иһигэр почта салаатын хапытаалынай өрөмүөнүн ыытта уонна үлэлиир тэрилинэн хааччыйда. Почта дьиэтэ саҥа үрүттэннэ, муосталанна, былаастык түннүктэннэ. Баһаары биллэрэр уонна камеранан кэтиир тэриллэри туруоран онлайн сибээскэ холбоотулар. Килийиэннэргэ уонна үлэһиттэргэ саҥа миэбэли аҕаллылар.
Почта салайааччыта эбии үөрэхтээһини ааста. Онон, олохтоохторго «Госуслуги» порталга учуоттанар сирэйдэрин бигэргэтэргэ эбэтэр сөргүтэргэ көмөлөһүөҕэ. Маны таһынан, почтаҕа «мэдиссиинэ муннуга» баар буолла. Манна килийиэннэр хаан баттааһынын, кислород, температура мээрэйдэниэхтэрэ.
Сонун төрдө: «Арассыыйа Почтата» АУо