Киир

Киир

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2023 сыл түмүктэринэн пресс-кэмпириэнсийэ уонна быһа эпиир ыытта. Икки тэрээһин холбоһуга 4 чаастан ордук барда. Ол устатыгар Бэрэсидьиэн дойду олохтоохторун  уонна сырдатар-иһитиннэрэр эйгэ үлэһиттэрин 67 ыйытыытыгар хоруйдаата. Ыйытыылары икки нэдиэлэ инниттэн ылбыт буоланнар, 2 мөлүйүөнтэн тахса ыйытыы киирбит.

Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар быһа эпиир туһунан санаатын суруйда:

«Быһа эпиир кэмигэр Владимир Путин сытыы ыйытыыларга хоруйдаата уонна чопчу сорудахтары биэрдэ. Саха сирин олохтоохторун ордук авиабилиэттэри субсидиялааһын уонна чэпчэтиилээх ипэтиэкэ, доруобуйа харыстабылын бастакы звенотун өйүүр национальнай бырайыагы уһатыы, тырааныспар инфраструктуратын сайыннарыы туһунан иһитиннэриилэр үөртүлэр. Бэрэсидьиэн дойду суверенитетын, көмүскэнэр күүһүн, куттала суох буолуутун бөҕөргөтүүнү, гражданнар бырааптарын уонна көҥүллэрин хааччыйыы сүрүн сорук буоларын чопчулаата», – диэн Ил Дархан тоһоҕолоото.

Айсен Николаев Владимир Путин Арассыыйа экэниэмикэтэ сөбүгэр саппаастааҕын, Украинаҕа анал байыаннай дьайыы сыала-соруга денацификацияны, демилитаризацияны ыытыы уонна нейтральнай статустаныытын  ситиһии буоларын, ол эрээри мобилизация иккис долгуна буолбатын эппитин бэлиэтээтэ. Быһа эпииргэ иһиллибэтэх ыйытыыларга барытыгар хоруй бэриллиэҕэ диэн эрэннэрдилэр.

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата

Бүтэһик сонуннар