Ахсынньы 19 күнүгэр «Култуура» ханаалга Үөһээ Бүлүү гимназиятын чулуу учууталларын туһунан “Учуутал, эн үрдүк ааккар....” диэн киинэни прайм-тайм кэмигэр 17 чаас 15 мүнүүтэҕэ көрдөрүөхтэрэ.
Никита Аржаков, киинэ режиссера: - “Култуура” ханаал ирдэбилэ олус үрдүк. Биһиги киинэбитин талан баран, тэхиньиичэскэй өттүнэн уларытарга модьуйбуттара. Ол курдук, ханаал ирдэбилинэн киинэни 39 мүнүүтэҕэ диэри кылгаттыбыт. Итинтэн киинэ тугу да сүтэрбэтэ, төттөрүтүн көрөргө табыгастаах буолбукка дылы, - диэн билиһиннэрдэ.
Сэбиэскэй кэми тилиннэрэр туруоруулары Дьокуускайга, Үөһээ Бүлүү, Нам уонна Хаҥалас улуустарыгар уһулбуттар. Маны сэргэ И.С. Жараев аатынан СӨ Норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин киинин (НЦАНН) архыыбыттан киинэ-видео матырыйааллары уонна СӨ Национальнай архыыбыттан хаартысканан матырыйааллары туһаммыттар.
НЦАНН дириэктэрэ Степан Москвитин Педагог сылын бүтүүтэ саха педагогтарын туһунан киинэ федеральнай ханаалга көстөрө олус үөрүүлээх уонна дойду олохтоохторугар барыларыгар туһалаах диэн санаатын үллэһиннэ.
Сонун төрдө: НЦАНН