Киир

Киир

Ыт олоҕун киһи олоҕунааҕар үрдүктүк тутар дьокутаат Владимир Бурматов СӨ Прокуратурата хаһаайына суох ыты үс ыйынан «утутан» суох гынар сокуону сөпсөспөтөҕүн туһунан телеграм-ханаалыгар суруйда уонна федеральнай сокуону кэһии тахсар түгэнигэр киниэхэ үҥсэллэригэр көрдөстө.

wr 750 1

Дьиҥэр, Саха сиригэр хаһаайына суох ыттары дьаһайар сокуон бырайыага оҥоһуллубута ыраатта. Ис хоһоонугар киһи сүөргүлүүрэ туох да суохха дылы. Ол курдук, хаһаайына суох ыты маннык түгэннэргэ «утутан» суох гыналлар:

– туох да төрүөтэ суох ытырар буоллаҕына;
– киһиэхэ кутталлаах ыарыынан ыалдьыбыт буоллаҕына;
– эмтэммэт ыарыыттан эбэтэр эчэйииттэн эрэйдэнэр, өрүттэр кыаҕа суох буоллаҕына;
– приюкка киириэҕиттэн үс ый ааспыт, ол тухары ким даҕаны ылыан баҕарбатах буоллаҕына.
 

Маны сэргэ, сокуон бырайыагар ыты бэтэринээр идэлээх исписэлиис түргэнник уонна ыарыыта суох «утутарын» мэктиэлиибит диэн этиллэр.  

Саха сирин сокуонун бырайыагар майгынныыр сокуон бырайыактара Арассыыйа икки регионугар ылыныллан үлэлии тураллар. Бурятияҕа ыты 30 күн иһигэр хаһаайына көстүбэтэҕинэ, оттон Алтайга ытырыык ыттары 11 күн иһигэр «утутуохтара». Көстөрүн курдук, ыты приюкка иитэн турар болдьохторо быдан кылгас.  

Бэйэ кэр.

Бүтэһик сонуннар