Киир

Киир

«Уһук Илиҥҥэ чэпчэкитик куортамнанар дьиэ» тосхоло Бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээһининэн үөскээбитэ.

Бу күннэргэ Владивосток уонна Анадырь куораттарга бастакы куортамнанар кыбартыыраларга олохтоохтор киирдилэр.  Оттон Саха сиригэр чэпчэки сыанаҕа куортамнанар кыбартыыралар эһиилгиттэн баар буолуохтара.  

Уһук Илиҥҥэ барыта 10 тыһыынча куортамнанар кыбартыыраны устудьуоннарга, эдэр исписэлиистэргэ уонна да атын араҥаҕа киирсэр дьоҥҥо анаан тутуохтара. Дойду салалтата бу сыалга 87 млрд солк. көрдө.

Саха сиригэр 11 дьиэҕэ 850 кыбартыыраны, ол иһигэр Дьокуускайга - 329, Нерюнгрига - 280, Алдаҥҥа уонна Томмокко - 116, Мииринэйгэ – 125, куортамҥа анаан атыылаһан ылыахтара.

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата