Cаха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа 2024 сылга – 302 млрд 617 мөл. солк., оттон ороскуота 311 млрд 853,5 мөл. солк. буолуоҕа.
Саҥа сылга бүддьүөт социальнай хайысхатын ыһыктыбат. Гражданнар көмүскэллэригэр уонна социальнай суолталаах өҥөлөрү оҥорууга 146 млрд 173 мөл. солк. (46,9%) барыаҕа. Санатар буоллахха, Арассыыйаҕа хамнас алын кээмэйэ 19 242 солк. буолла, ол эбэтэр 18,5% улаатта. Оттон Саха сиригэр 1,7 оройуоннааҕы коэффициенынан – 48 105 солк., оттон 2,0 коэффициенынан – 53 878 солк. буолла.
Маны сэргэ, тохсунньу 1 күнүттэн «ыам ыйынааҕы» ыйаахха киирбэтэх бүддьүөт сорох араҥатын хамнаһыгар уонна социальнай төлөбүр сорох көрүҥүгэр 5,5 % индексация оҥоһуллар. Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаала икки төгүл үрдээн 300 тыһ. солк. буолла. «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал эмиэ үрдээн, 110,7 тыһ. солк. буолан, салгыы төлөнүө.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата