Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев сырдатар-иһитиннэрэр эйгэ үлэһиттэрин уонна салайааччыларын тохсунньу 13 күнүгэр буолаары турар Арассыыйа бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Үгэс быһыытынан, бу күн дьаһалтаҕа киин куорат суруналыыстарын күрэһин түмүгүн биллэрдилэр.
«Бэчээт эйгэтигэр бастыҥ суруйуу» номинацияҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кыым» хаһыат кэрэспэдьиэнэ Диана Захарова кыайыылаах буолла. Кини нүөмэр ахсын дьаһалта үлэтин сырдатар. Ааҕааччыларбыт Диана бэлэмнээбит сэргэх матырыйаалларын сөбүлээн ааҕар буолуохтаахтар.
Маны сэргэ, «Интэриниэккэ бастыҥ хаартыскалардаах суруйуу» номинацияҕа - «V Якутии.ру» интэриниэт-хаһыат эрэдээктэрэ Елена Тихонова, «Бастыҥ радиосюжет» номинацияҕа - «Саха» НКИХ араадьыйа салаатын дириэктэрэ Николай Бястинов, «Бастыҥ телесюжет» номинацияҕа ОТР кэрэспэдьиэнэ Роман Кутуков кыайдылар.
Сонун төрдө: Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата