Быйыл тыа хаһаайыстыбатыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 14 млрд 933 мөл. солк. көрүллэн, 1 кг үүккэ субсидия 60 солкуобайтан 65 солкуобайга диэри үрдээтэ, оттон ынах төбөтүгэр сылга 37 тыһ. солкуобай оннугар 39 000 тыһ. солк. (арктикатааҕы улуустарга - 45 тыһ. солк.) көрүллэр буолла.
Маны сэргэ, бүддьүөттэн муниципальнай таһымҥа көрүллэр субвенция кээмэйэ үрдээтэ, ол курдук: бурдугу үүннэриигэ биир гектарга - 13 тыһ. солк. тиийэ, хортуосканы үүннэриигэ - 35 тыһ. солк. тиийэ, оҕуруот аһын үүннэриигэ биир гектарга - 45 тыһ. солк. тиийэ.
Атын хайысхаларга - сүөһүнү, табаны иитиигэ, балыктааһыҥҥа о.д.а. үп эмиэ көрүллүөҕэ, ону таһынан оҥорон таһаарааччылары өйүүр миэрэлэри ылыныахтара.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата