Киир

Киир

Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев “Саханефтегазсбыт” АУо 2023 сылга үпкэ-харчыга, хаһаайыстыбаҕа үлэтэ хайдах түмүктэммитин уонна тэрилтэ 2024 сыллааҕы былаанын кытта билистэ.

​– Хампаанньа үлэтиттэн өрөспүүбүлүкэ улахан аҥарын олоҕо-дьаһаҕа быһаччы тутулуктаах. 2023 сылга уустук навигация, сыана үрдээһинэ курдук ыарахаттар баалларын үрдүнэн, тэрилтэ туруоруллубут сыалы-соругу толору ситиһэн кэллэ, – диэн эрэгийиэн баһылыга эттэ. Барыллаан түмүк көрдөрөрүнэн, 2023 сылга “Саханефтегазсбыт” АУо оҥорон таһаарааччылартан быһа 254 тыһ. туонна, ол эбэтэр 105,45 %, ньиэп бородууктатын атыыласпыт. Хампаанньа атыы-эргиэн ситимин нөҥүө 223 тыһ. туонна ньиэп бородууктатын атыыга таһаарбыт. 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ, ааспыт сылга ньиэп бородууктатын переработкалааһыҥҥа өҥө кээмэйэ 15 тыһ. туоннанан улааппыт.

​Тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ иһитиннэрбиттэринэн, уопсастыба хамнаска, нолуокка эбэһээтилистибэлэрин толору кээмэйинэн толорбут. Хампаанньа өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ миэстэтинэн хааччыйар биир бөдөҥ тэрилтэ буолар. Манна тэхиниичэскэй уонна инженер идэлээх уопсайа 1,9 тыһ. тахса үлэһит баар. 2023 сылтан “Саханефтегазсбыт” АУо М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-ну кытта ньиэп-гаас салаатыгар инженер буолуохтаах каадыры тус сыаллаах бырагырааманан бэлэмнииргэ үөрэх сэдэх бырайыагын үлэлэтэн эрэр.

Мунньахха хапытаалынай уонна хампаанньа сүрүн үлэни ыытар (производственнай) пуондаларыгар ыытыллар өрөмүөнүн далааһына, маны таһынан, эргэрбит пуонданы саҥардыыга туһуламмыт үлэтин кээмэйэ сыл аайы бигэтик улаатан иһэрин бэлиэтээтилэр. Ол курдук, саҥа эбийиэктэри тутууга былаан 100 % туолбут. Сыл түмүгүнэн сүрүн пуондалар хапытаалынай өрөмүөннэрин былаана 126 %-ҥа тэҥнэспит. Ньиэп базаларын ёмкостарын өрөмүөнэ тиһиктээхтик барар. 2020-2023 сс. 408 резервуар өрөмүөннэммит. Дакылаат кэмигэр тэрилтэ бэйэтин кыаҕынан ньиэп базаларын филиалларыгар резервуардар хапытаалынай өрөмүөннэрин оҥоруута ыксаллаах быһыы-майгы тахсыбатын сэрэтэр (превентивнай) эрэ майгылаахтара тоһоҕолонно.

​– Эргэрбит производственнай пуондалары саҥардар кэм кэллэ. 2024 сылга тэрилтэ ньиэп базаларын хаһаайыстыбатыгар утумнаах реконструкция уонна модернизация салгыы ыытыаҕа, – диэн Айсен Николаев сорук туруорда.

​Хампаанньа Үрүҥ Хайатааҕы, Эдьигээннээҕи, Уус Куйгаатааҕы уонна Хаандыгатааҕы ньиэп базаларыгар реконструкция, модернизация бырайыагын саҕалаата. Бу бырайыак дойдуга ньиэп хаһаайыстыбатын эбийиэктэригэр судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһиигэ (партнёрствоҕа) бастакы холобур буолар уонна Уһук Илин концессиятын мэхэньиисиминэн олоххо киирэр. Инженернэй-чинчийэр үлэ түмүктэннэ, бырайыак докумуона оҥоһулунна, судаарыстыба эспэртиисэтигэр үлэ барар. 2026 сыл бүтүөр диэри 4 ньиэп базатыгар реконструкцияны, модернизацияны бүтэрэр былааннаахтар.

​Ил Дархан дьаһалын толорорго 2023 сылга “Саханефтегазсбыт” АУо өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан анал көҥүллээх тырааныспары газомоторнай оттукка көһөрөр Киини аста. Манна Саха сирин олохтоохторо, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын аһын-үөлүн оҥорон таһаарааччылар, урбаанньыттар, тэрилтэлэр тырааныспар хайа баҕарар көрүҥүн ороскуота суох уматыкка – метаҥҥа – көһөрүү бары өҥөтүн туһаныахтарын сөп. Маны таһынан, Уопсастыба тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр анаан гааһынан сапыраапкалыыр станциялар ситимнэрин тутар былааннаах.

​Тэрилтэ ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүгүн истэн баран, Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар Найба сэлиэнньэтигэр «Саханефтегазсбыт” кыттыылаах ньиэби кутар терминалы тутуу бырайыагын олоххо киллэриини көрөргө соруйда. Манна, Тиксиитээҕи муора пуордугар тырааныспар киинин сайыннарыыга үлэ ыытыллыаҕа.

Санатан этэбит: “Саханефтегазсбыт” АУо, Саха сирин соҕуруу, Аартыка оройуоннарын хабан туран, уопсайа 19 ньиэп базатын филиалын салайан үлэлэтэр. Уматыгы Хотугу муора суолунан, уунан, тимир суолунан тиэрдэллэр.

Сонун төрдө: СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ.

Санааҕын суруй