Киир

Киир

Хаҥалас улууһун Мохсоҕоллоох сэлиэнньэтигэр Айсен Николаев «Якутцемент» эбийиэктэрин көрөн баран өрөспүүбүлүкэҕэ тутуу эйгэтин матырыйаалынан хааччыйыы туһунан сүбэ мунньах ыытта.

Ил Дархан тэрилтэ салайааччытын Алиш Мамедовы уонна бары үлэһиттэри ааспыт сылга таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрин иһин махтанна. Ол курдук, «Якутцемент» 580 тыһ. туонна сиэмэнтэ араас көрүҥүн оҥорон хампаанньа устуоруйатыгар рекорд олохтоото.

72994551 2a49 4acb b588 a5477d3edbd4

«Кэнники биэс сылга хампаанньа икки төгүл элбэҕи оҥорон таһаарар буолла. Биллэн турар, мантан олус улахан нолуок төлөнөр. Быйылгы нолуок кээмэйэ 1 млрд 600 мөл. солкуобайга тиийиэн сөп. Итини сэргэ эбии үлэ миэстэтэ тахсар, хамнастара үрдүүр», - диэн кини бэлиэтээтэ.

9666219b 714a 4160 86c9 3eb2168a5276

Айсен Николаев этэринэн, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ тутуу балсыханнык бара турар. Оттон олорор дьиэни, социальнай, промышленнай эбийиэктэри, суолу тутууга элбэх сиэмэнтэ ирдэнэр. Онон, быйыл тэрилтэ иннигэр 600 тыһ. туонна сиэмэнтэни оҥорон таһаарар соругу туруордулар. Маны таһынан,  щебень уонна отсев элбэхтик оҥоһуллуоҕа.

46c645d1 564b 4bde a0b6 df077b070aba

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата

Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА

Санааҕын суруй