“Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнин дуоһунаһыгар быыбартан кандидатурабын устунабын. Төрөөбүт дойдубутугар уустук кэм тыҥаан турдаҕына норуот күүһүн бытарытар табыллыбат”, – диэн Бабурин Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа (КБХ) кинини өйөөбүт дьон илии баттааһынын туттара кэлэн баран эппит.
Санатар эбит буоллахха, ити иннинэ КБХ-ҕа дойду 89 эрэгийиэниттэн хомуллубут 315 тыһыынча илии баттааһынын Владимир Путин штаба аҕалан туттарбыта. Кини бэрэсидьиэнҥҥэ хандьыдаат быһыытынан бэйэтэ туруоруммута (самовыдвиженец). Тохсунньу 29 күнүгэр КБХ регистрациятын ааспыта. Кини аҕай иннинэ, тохсунньу 28 күнүгэр, илии баттааһынын “Арассыыйа хомуньуустара” баартыйа бэрэссэдээтэлэ Сергей Малинкович аҕалан биэрбитэ.
Сергей Бабурин Госдума I, II уонна IV ыҥырыылаах мунньахтарын дьокутаата буола сылдьыбыта. 2018 сыллаахха эмиэ бу баартыйатын аатыттан бэрэсидьиэн быыбарыгар киирсэн көрбүтэ.
Хаартыска: Михаил Синицын/ТАСС.