Биир дойдулаахпыт, «Куба» позывнойдаах муора пехотинеһа илиинэн киирсиигэ үс украина байыаһын соҕотоҕун кыайда. Ол туһунан «Саха сирин военкордара» телеграм-ханаалга суруйдулар.
Кини РФ сэбилэниилээх күүстэрин штурмалыыр салаатыгар сулууспалыыр. Инники муора пехотатыгар сулууспалаабыт. Донецкай диэки бойобуой соругу толоро сылдьан биир дьиэҕэ үс украина байыаһыгар түбэспит.
«Киирээппин кытары, биир байыас миэхэ ыстанаары бэлэм турара. Аптамаатынан ытыалаһыы кэннэ куоппута», – диэн биир дойдулаахпыт кэпсээтэ. Иккис байыас кэнниттэн атаҕар түспүт. Ол эрээри кыайтарбыт.
«Барыта кыл түгэҥҥэ буолбута. Суулларан баран төбөтүттэн тутан сыппытым, онтон быһахпын хостообутум», - диэн кини салгыы кэпсээтэ. Үһүс саллаат, доҕотторо кыайтарбыттарын көрөн, бэринэргэ күһэллибит.
«Илиинэн киирсиигэ анаан бэлэмнэммэтэҕим, ол эрээри оҕо сылдьан хапсаҕайынан уонна самбонан дьарыктаммытым. Оттон быһаҕы хонууга кэнсиэрбэ арыйаары ылыммытым», – диэн саха байыаһа билиннэ.
Ити курдук урукку сатабыла соҕотохтуу үс өстөөҕү кыайарга көмөлөстө.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата