2024 сыл тохсунньутун туругунан, Арассыыйа биирдиилээн атыылыыр маҕаһыыннарыгар бородуукта сыаната чэпчээбит. Биллэн турар, барыта буолбутах. Ол гынан баран, мэлиллибит кофе, пельмень уонна утах сыаната, ортотунан, 1 – 3 бырыһыанынан түспүт. Ол туһунан “Эвотор” хампаанньа аналитиктара кэпсииллэр.
Итини таһынан, суруйалларынан, саахар, майаныас, сыыр, йогурт, куурусса этэ, зефир, кэнсиэрбэлэммит бэлэм аһылык эмиэ 1 %-нан чэпчээбит. “Оттон оҕо сиир пюретэ – 2, нектар – 3 %-нан түстүлэр”, – диэн эспиэрдэр чопчулууллар.
Хомойуох иһин, эмиэ тохсунньутааҕы туругунан, сорох бородуукта төттөрүтүн ыараабыт. Холобур, сакалаат кэмпиэт (+2 бырыһыан) уонна плитка скалаат (+3 бырыһыан) сыаналара. Эспиэрдэр ону биржаларга какао-бобтар сыалара үрдээбитинэн быһаараллар.
Хаартыска: Бикипиэдьийэ