Киир

Киир

Олунньу 13 күнүгэр Дьокуускайга «Ийэ тылгын харыстаа»/«Сохрани родной язык» аахсыйа саҕаланыаҕа. Нейроситим (оҥоһуу интеллект) ньымаларынан саха тылын харыстыыр уонна аан дойдуга туттуллуутун кэҥэтэр соруктаах бырайыагы Арктикатааҕы  судаарыстыбаннай култуура уонна ускуустуба института «Приоритет-2030» тосхол иитинэн толкуйдаан оҥордо.

Ол быһыытынан, нейроситим дьон куолаһын уһулуутун туһанан саха тылын үөрэтэргэ, тылбаастыырга, өйдүүргэ, тиэкистэр, видеолар уонна да атын контент саҥатын дорҕоонноохтук сахалыы ааҕарга, саха тылын көмөтүнэн тиэкистэри уонна ойуулары буларга көмөлөһүөҕэ.

Элбэх сахалыы куолаһы уһултаран нейроситимҥэ туһанар туһугар сыыппара волонтердара анал ситимҥэ  куоластарынан көмөнү хомуйуохтара. Кинилэр Арктикатааҕы  судаарыстыбаннай култуура уонна ускуустуба институтугар уонна Суорун Омоллоон аатынан Судаарыстыбаннай Опера уонна балет тыйаатырыгар үлэлиэхтэрэ.

Волонтердар саха тыла инникитин куйаар ситимигэр хааччаҕа суох туттуллар буоларын туһугар сахалыы саҥалаах дьону бу аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттарга ыҥыраллар.

Сонун төрдө: СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин медиакиинэ

Санааҕын суруй