Киир

Киир

Тэрилтэлэр ааттарын, ыйынньыктарын, бородууксуйаларын сахалыы суруйууга "Кыым" хаһыат уопсастыбанньыктары кытта тэрийэн ыыппыт куонкуруһун түмүгүн олунньу 13 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Ийэ тыл күнүн бэлиэтиир Дьоро киэһэҕэ биллэрдилэр.

Өҥө оҥорор тэрилтэлэргэ ПАУО "Сбербаан" СС салаата, оҥорон таһаарааччыларга –Дьокуускайдааҕы килиэби оҥорор кэмбинээт бастаатылар. "Биһигини ким даҕаны бу курдук бэлиэтии илигэ", – диэн куонкурус кыттааччылара бу кинилэргэ соһуччу үөрүү буолбутун туһунан санааларын үллэһиннилэр.

Untitled 2024 02 14T134333.399

Untitled 2024 02 14T134410.539

Кыайыылаахтарга Бэлиэ сурук уонна "Кыым" хаһыакка босхо тахсарга 58 тыһ. солкуобайдаах сэртипикээт туттарылынна. Куонкурус туһунан сарсыҥҥы "Кыымҥа" Нина Герасимова матырыйаалыгар ааҕаарыҥ.

Бэйэ кэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар