Киир

Киир

Ааспыт сылга Саха сиригэр кэҥэтиллибит неонатальнай – генетическэй скрининг 11059, ол эбэтэр 99%, саҥа төрөөбүт оҕоҕо оҥоһуллубут. Ол түмүгэр, ДиДжорджи синдромнаах биир түбэлтэ көстүбүт.

Неонатальнай скрининг тосхоло дойдуга былырыын тохсунньу 1 күнүгэр олоххо киирбитэ. Онон, саҥа төрөөбүт оҕоттон ылбыт хаан анаалыһынан өссө биллэ илик утумнанар ыарыыны быһааран эрдэттэн эмтиир кыах үөскээбитэ.  

Скрининг ньыматынан фенилкетонурия, төрүкү гипотиреоз, адреногенитальнай синдром, муковисцидоз, галактоземия, көҕүс былчыҥын атрофията, иммунитет итэҕэһэ уонна эттик атастаһыытын кэһиллиитин курдук утумнанар ыарыылары тута быһааран эрдэттэн эмтиэххэ сөп.  

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар