Киир

Киир

РФ Оборона миниистирэ Сергей Шойгу РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытта көрсүһүүгэ Авдеевка куораты уонна Крынки сэлиэнньэни ылыы туһунан дакылааттаата. Онтон сүрүн түгэннэрин сырдатабыт.

Миниистир иһитиннэриитинэн, Генштаб Авдеевканы адьас аҕыйах сүтүктээх ылбыт.  Авдеевка коксохимическэй собуота босхолонон, РФ сэбилэниилээх күүстэрэ арҕаа сыҕарыйан иһэллэр. Икки күн иһигэр  ВСУ 2,4 тыһ. саллаатын сүтэрдэ, элбэх бааһырбыт байыаһы, сэрии сэбин быраҕан куотта.

Украина Авдеевканы бөҕөргөтүүнү тоҕус сыл устата ыыппыт, сир аннынааҕы суоллары оҥостубут. РФ сэбилэниилээх күүстэрэ маны учуоттаан эпэрээссийэни ыытыыга бэлэмнэммиттэр. Сергей Шойгу Авдеевканы ылыы Оборона министиэристибэтин үөрэҕин кинигэлэригэр киириэҕэ диэн эттэ.

Херсон уобалаһын Крынки сэлиэнньэтин босхолооһуҥҥа ВСУ 1820 киһини сүтэрдэ. Крынкины ылыы түмүгэр биһиги байыастарбыт Днепра кытылын бүтүннүүтүн кэриэтэ бас биллилэр. Украина тыыннаах ордубут сорох саллааттара өссө даҕаны бэриммэккэ саһан олороллор.

Сонун төрдө: РФ Оборона министиэристибэтэ