Киир

Киир

Бэҕэһээ Ил Дархан Айсен Николаев быһа холуйан бэс ыйын 20-21 күннэригэрАмма сэлиэнньэтигэр ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕын тула мунньах ыытта. Бу үгэскэ кубулуйбут сүҥкэн суолталаах тэрээһин Саха сиригэр 2006 сылтан улуустан улууска ыытылларын санатабыт.

«Амматааҕы Олоҥхо ыһыаҕа бар дьон өйүгэр, сүрэҕэр биир бастыҥ ыһыах быһыытынан хаалыахтаах», – диэн Ил Дархан тэрийээччилэр иннилэригэр үрдүк ирдэбили туруорда. Кини, бастатан туран, дьон куттала суох айаннаан тиийиитин хааччыйарга, чуолаан паром сырыытын үчүгэйдик тэрийэргэ, 10 тыһыынчаттан тахса ыалдьыкка уонна кыттааччыга табыгастаах усулуобуйаны оҥорорго соруйда.
 
Ыһыахха анаан Амма улууһугар 19 эбийиэги тутуохтара. Олор истэригэр  «Аал Луук мас», Алгыс сиэрин-туомун ыытар, ыалдьыттары көрсөр, тэрээһиннэри ыытар уораҕайдар киирэллэр. Ол курдук, ыһыах ыытыллар сиригэр ытык сэргэ – Аар баҕах, ытык холумтан – Аал уот олоҕо, Күнү көрсөр түhүлгэ, Ытык Дуоҕа тутуллуохтара. Олоҥхо түhүлгэтигэр ийэ олоҥхоһуттарга – Туос ураhа, эдэр олоҥхоһуттарга – Мас ураhа (бабаарына), оҕолорго – Оҕо олоҥхоhут балаҕана,  оһуохай этээччилэр түһүлгэлэрэ уонна Уус түhүлгэтэ тутуллуохтара. Киин түһүлгэҕэ ыалдьыттары олордор сир, ыһыах аһыллыытын уонна сабыллыытын ыытар уораҕай, Тойон Аан, Моҕол ураhа тутуллуохтара. Мунньахха, урут былааннаммыт эбийиэктэри таһынан, Хомус түhүлгэтин уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар төрүт оонньууларын ыытар былаһаакка тутарга быһаардылар.

383A9247

Маны таһынан, култуура уонна успуорт тэрээһиннэрин 3700 кыттыылааҕын түһэрэр эбийиэктэри бэлэмниэхтэрэ, 30 атыы-эргиэн уонна ас-үөл эбийиэгин уонна балаакка куоратын тэрийиэхтэрэ. Амма сэлиэнньэтин суолун-ииһин, сирин-уотун бэрээдэктиэхтэрэ, сибээс ханаалын хаҥатыахтара, «Саха» НКИХ быһа эпииригэр анаан ВОЛС ситимин тардыахтара. .

Амматааҕы Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытын уонна сабыллыытын сүрүн режиссерунан СӨ Судаарыстыбаннай сииркэтин дириэктэрэ, уус-уран салайааччыта Сергей Расторгуев буолуоҕа. Тэрээһиҥҥэ Олоҥхо тыйаатырын, «Кыл Саха» төрүт үстүрүмүөн ансаамбылын уонна Судаарыстыбаннай сииркэ артыыстара, АГИКИ, Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба колледжын устудьуоннара кыттыахтара. Маны сэргэ, ыһыах араас чаҕылхай дьайыытыгар Амма улууһун 900 олохтооҕо кыттыаҕа.

Ыһыаҕы көрсө «Фольклор Амгинского улуса: традиции и
современность», «Олонхо амгинских сказителей» кинигэлэр бэчээттэнэн тахсыахтара. Ыһыахха анаан, кулун тутар 21-22 күннэригэр Амма сэлиэнньэтигэр «Ысыах Олонхо в Амге: эпос, диалог поколений, взгляд в будущее». Манна өрөспүүбүлүкэ 22 улууһуттан 3 тыһыынчаттан тахса олоҥхону чинчийээччи кыттыаҕа.

383A9152

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата
Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар