«Тыа сирин бастыҥ эдэркээн үлэһитэ – 2024» күрэһи «Саха сирин эдэр олохтоохторо» (Юные якутяне) ресурснай киин тэрийэр. Манна тыа сирин оскуолаларын 6-11 кылааһын үөрэнээччилэрэ кытталлар. Быйыл 22 улуустан 96 үлэ киирдэ.
Күрэскэ бастыҥ оҕуруот аһын олордооччуну, отчуту, сүөһүнү, табаны иитээччини, механизаторы, балыксыты, экологы уонна рационализаторы таллылар. Күрэс түмүгүнэн тыа сирин бастыҥ эдэркээн үлэһитинэн Амма улууһун Абаҕатааҕы орто оскуолатын үөрэнээччитэ Михаил Лазарев буолла.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата