Ол туһунан судаарыстыба бэрэсидьэнэ “Лидеры России” диэн салайааччылар куонкурустарын кыайыылаахтарын кытта көрсүһүүгэ эппит.
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “бэрт сотору кэминэн Саха сиригэр кэлиэм” диэн “Лидеры России” күрэххэ кыттыбыт Дьокуускэй баһылыга Евгений Григорьевка эрэннэрбит.
“Сарсын-өйүүн биһиги өрөспүүбүлүкэ салайааччытын кытта миэстэтигэр өрөспүүбүлүкэ сайдыытын туһунан тугу кэпсэтиэхтээхпитин дьүүллэһиэхпит. Биһиги кинини кытта дьүүллэһиэхпит, сүрүн суоллары бэлиэтиэхпит уонна аҕыйах күнүнэн, уопсайынан, бэрт сотору кэминэн, мин эһиэхэ тиийиэҕим”, – диэн Владимир Путин эппитин Кириэмил саайта суруйар.
Бэй.кэр.
Хаартыска: Максим Блинов/ТАСС