Бу күннэргэ СӨ “Сайдыы” саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култууратын учууталларын түмсүүтүттэн Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин аатыгар улахан көрдөһүү сурук барда.
Сурукка Арассыыйа Дьоруойа Александр Гаврильевич Колесов уонна түмсүү салайааччыта Жанна Федоровна Барашкова илии баттаабыттар. Кинилэр 2007 с. ахсынньы 1 күнүгэр 309-ФЗ №-дээх “Судаарыстыбаннай үөрэхтээһин тутулугар уонна өйдөбүлүгэр Арассыыйа Федерациятын сокуону оҥорор сорох аактарыгар уларытыы киллэрэр туһунан” сокуонугар олоҕуран суох оҥоһуллубут “национальнай-региональнай компонены” чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөһүҥ диэн көрдөспүттэр. Национальнай-региональнай компонент арҕааҥҥы дойдулар бүгүҥҥү саарбах сабыдыалларыттан дойдубут ааспытын, бүгүҥҥүтүн, кэлэрин ситимнээн, ыччат өйүн-санаатын көмүскүүргэ сөҕүмэр оруоллааҕын арыйан көрдөрбүттэр.
Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэтин стратегиятын олоххо киллэрэргэ, алын, уопсай орто уонна орто үөрэхтээһин бырагырааматыгар национальнай-региональнай компонены киллэрии төрөөбүт төрүт тылбытын үөрэтии хаачыстыбатын үрдэтэр, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну, тапталы иҥэрэр, дойду патриоттарын иитэр үлэҕэ улахан суолталаах. Национальнай-региональнай компонент үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэтии ис хоһоонугар эрэгийиэн олоҕурбут үгэстэрин киллэрэн биэрэр, онон Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэтин стратегиятын күүһүрдэр диэн этиллибит.
Бу компонены төнүннэрии Арассыыйа бары төрүт норуоттарыгар туһалаах, кинилэр судаарыстыба тула сомоҕолоһууларын бөҕөргөтөрө чахчы.
Бэйэ кэр.