Киир

Киир

Арассыыйаҕа икки холуонньа сабыллан эрэрин туһунан “Лента.ру” суруйар. Олохтоохтор, ол эбэтэр буруйдарын боруостаан олорор дьон, бары кэриэтэ анал байыаннай дьайыыга барбыттар.

Суруйалларынан, ол икки холуонньа Красноярскай кыраайга баар эбит. Хаайыылары “оптимизациялыыр уонна үбү-аһы кэмчилиир” туһуттан сабарга быһаарбыттар. Тоҕо диэтэххэ, үөһэ суруллубутун курдук, буруйдарын боруостааччылар ахсааннара эмискэ биллэ аҕыйаабыт. Бары кэриэтэ анал байыаннай дьайыыга барбыттар.

Олохтоох киһи быраабын араҥаччылааччы, омбудсмен, ити быһаарыыны олох сөбө суоҕунан ааҕар. Тоҕо диэтэххэ, анал байыаннай дьайыы урут-хойут син биир бүтүөхтээх, оттон холуонньаны саҥалыы тэрийэр биэс сылы уонна үс бүк элбэх харчыны эрэйэр.

Бэй.кэр.
Хаартыска: newslab

Санааҕын суруй