Киир

Киир

1967 с. "Кыым" хаһыат тохсунньу 15 күнүнээҕи нүөмэригэр Миша Милюшкин туһунан "Бухатыыр оҕо" диэн ааттаах сонун тахсыбыт.

Бу оҕо 4 сааһыгар хайыы сахха 49 кг ыйааһыннаах, 48 размердаах ырбаахыны кэтэр, биир биэдэрэ ууну эбэтэр хортуосканы көтөҕөр, мас эрбэһэр, мас хайытар эбит. Суоттаан көрдөххө, билигин 61 саастаах буолуон сөп.

Онон, Михаил Милюшкины эбэтэр кинини билэр дьону биһиэхэ 8 (914) 820 09 75 нүөмэргэ суруйаргытыгар көрдөһөбүт.

"Кыым" хаһыат эрэдээксийэтэ.

 

Бүтэһик сонуннар