Киир

Киир

Кэлэр үөрэх дьылыгар маҥнайгы кылааска ылыы муус устар 1 күнүгэр саҕаланыаҕа. Ылыы бастакы түһүмэҕэ бэс ыйын 30 күнүгэр диэри, оттон иккис түһүмэҕэ – от ыйын 6 күнүттэн балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри барыаҕа. Маҥнайгы кылааска анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолорун уочарата суох ылыахтара.

Ол туһунан Дьокуускай куораттааҕы упралениетын начальнигын солбуйааччы Мирослав Афанасьев иһитиннэрдэ.

«Бастакы түһүмэххэ төрөппүттэр сайабылыанньаларын судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө ыытыахтара. Билиҥҥиттэн толорон бэлэмнээн кэбиһиэхтэрин сөп. АБДь кыттыылаахтарын оҕолоро чэпчэтиигэ бырааптаах араҥаҕа киирэллэр, онон кинилэри уочарата суох ылыахпыт. Эмиэ ити курдук усулуобуйа уһуйааҥҥа ылыыга тутуһуллар», - диэн кини быһаарда.

Быйыл маҥнайгы кылааска барыллаан ааҕыынан анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын 186 оҕото киириэхтээх. АБДь кыттыылаахтарын оҕолорун сайыҥҥы лааҕырдарга ылыы ыам ыйын саҥатыгар эмиэ судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө барыаҕа.

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата