Киир

Киир

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Россия только для русских” диэбит курдук ыҥырыы тыллартан долгуйарын туһунан ТАСС суруйар.

“Ура-патриоттары иһиттэхпинэ (оттон оннук дьон ханна баҕарар, ханнык баҕарар уопсастыбаҕа бааллар), ол иһигэр Арассыыйа нууччаларга эрэ диэччилэри, миэхэ долгуйар санаа киирэр”, – диэн дойду салайааччылата В.Путин Тверь уобалаһыгар байыаннай лүөччүктэри кытта көрсүһүүтүгэр эппит.

“Биһиги дойдубут сиригэр-уотугар 190 араас этнос олорор, сорох омуктар мөлүйүөнүнэн ахсааннаахтар. Өскөтүн биһиги ити алдьатыылаах санааны олоххо киллэрэн, кимнээҕи эрэ туора дьон диэн бардахпытына, биһиги дойдубутун ыһыахпытын сөп. Ол түмүгэр ордук нуучча норуота эмсэҕэлиэҕэ”, – диэн Путин быһаарбыт.

“Ити боппуруоска чахчы улахан киһилии, боччумнаахтык сыһыаннаһыллыахтаах: илиинэн уҥа-хаҥас далбаатаабакка, кураанах тылынан ыһыахтаммакка, биир улахан уонна соҕотох төрөөбүт дойдулаахпытын өйдөөн, итинник ис хоһоонноох этии хас биирдии тылын ыараҥнатан туран”, – диэн бэрэсидьиэн эбэн эппит.

Санаттахха, кулун тутар 24 күнүгэр уруккута СӨ Ыччат миниистирин бастакы солбуйааччыта, билигин Ньиэп-гаас үлэһиттэрин идэлээх сойууһун салайааччыта Василина Лукина Москуба куорат метротугар бииргэ төрөөбүт балтын славянныы дьүһүннээх эдэр дьон төгүрүйэн мөрөйдөөбүттэрин, батыһа сылдьан “Россия для русских” дэһэ-дэһэ омугунан арааран үөхпүттэрин, саанар быһыынан тимир битанан куттаабыттарын туһунан социальнай ситимҥэ суруйбута тарҕаммыта.

Ити кэннэ В.Лукина Москубака куорат Фили-Давыдково оройуонунааҕы ИДьМ отделыгар ол дьону холуобунай эппиэккэ тардар сайабылыанньа суруйбутун эппиттэрэ.

Итини таһынан, бары билэрбит курдук, кулун тутар 22 күнүгэр Москубаҕа “Крокус Сити Холл” кэнсиэртиир саалаҕа саалаах-сэптээх дьон киирэн сүүстэн лаппа тахса киһини кыыллы ытан өлөрбүттэрэ. Ол кэннэ дойду үрдүнэн дас дойдуттан киирэр миграннарга сыһыаран араас тыл-өс иһиллэр буолбута.

Бэй.кэр.
Хаартыска: бэрэсидьиэн пресс-сулууспата.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар