Өлөөн улууһун киин бөһүөлэгэр уонна Харыйалааҕар “Билайн” хампаанньа 4G тэтимнээх түргэн интэриниэти киллэрдэ.
Хампаанньа тэхиниичэскэй үлэһиттэрэ бары ирдэнэр оборудованиены тиэйэн-таһан уонна ону таҥан, холбоон бүтэрдилэр. Онон, мантан антах харыйалаахтар уонна өлөөннөр “төрдүс көлүөнэ” мобильнай интэриниэтинэн туһанар буоллулар. Ол аата кинилэр интэриниэккэ видеону харгыһа-хааччаҕа көрөр, муусуканы истэр, табаары-өҥөнү төлүүр кыахтаннылар.
“Арктика эргимтэтин олохтоохторо табыгастаах мобильнай ситиминэн, интэриниэт нөҥүө оҥоһуллар судаарыстыба өҥөлөрүнэн туһанар, чугас дьоннорун кытта мэлдьи ситимҥэ буолар кыахтаннылар”, – диэн “Билайн” Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Вадим Пеньков этэр.
Биллэрин курдук, бүгүҥҥү туругунан, “Билайн” хампаанньа биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр саамай элбэх нэһилиэнньэлээх пууну хабар сибээс тэрилтэтэ буолар. Ол курдук, кинилэр ааспыт икки сыл иһигэр 4G ситиминэн уустук суоллаах-иистээх, 250-тан элбэх нэһилиэнньэлээх 35 бөһүөлэги хааччыйбыттара. Бу эрэ иннинэ 4G интэриниэт Эдьигээҥҥэ киирбитэ.