Бэҕэһээ, муус устар 15 күнүгэр, киэһэ 19:00 чааска, Уус Алдан Бороҕонугар РАПО хочуолунайа умайда. Уоту кэмигэр умуллардылар, хочуоллары 21:45 чааска саҥаттан холбоотулар.
“Хочуолунай этэҥҥэ үлэлии турар”, – диэн “Мүрү саһарҕата” хаһыат улуус ыксаллаах быһыыга-майгыга уонна баһаартан куттал суох буолуутугар хамыыһыйатын иһитиннэриитигэр сигэнэн суруйар.
Уот турбут төрүөтүн тустаах уорганнар быһаараллар.
Бэй.кэр.
Хаартыска: “Мүрү саһарҕата”