Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан үөрэхтээһин холбоһугар "Ис кэрэни уһугуннаран, үтүөҕэ, сырдыкка тардыһыҥ" диэн уйулҕа ыйа буола турар.
Оскуола уйулҕаһыта Василиса Ивановна Дьяконова, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Варианна Васильевна Макарова тэрийиилэринэн, үөрэнээччилэр кэрэни өйдөөн көрө үөрэнэллэригэр туһуламмыт араас тэрээһин ыытылла турар.
Олортон биирдэстэринэн Амма Аччыгыйын "Сааскы кэм" айымньытыгар худуоһунньук Ефим Шапошников 1957 сыллаахха тахсыбыт альбомун хартыыналарынан "Тиллибит хартыыналар" күрэх буолла. Манна үөрэнээччилэр төрөппүттэрин кытта хартыыналары үтүктэн хаартыскаҕа түстүлэр. Ол иннинэ айымньыны ааҕыы, суруллубут, кэпсэнэр кэмин билии олус тоҕоостоох эбит.
Эркиҥҥэ ыйаммыт дьикти кэрэ хаартыскалары оҕолор уоскулаҥҥа арахсыбакка көрөллөр. Онон, кэрэни кэрэхсииргэ үөрэнэргэ олус туһалаах тэрээһин буолла.
Лейла Никонова, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун 7 кылааһын үөрэнээччитэ.