Муус устар 16 күнүттэн Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри салгын олбохтоох суудуналар сырыылара саҕаланна. Бүгүҥҥү туругунан, суудуналар буойас айанньыттарын эрэ таһаллар. Ол туһунан “ЛенаВодСервис” салайааччыта Борис Строев СИА-ҕа иһитиннэрэр.
Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан буойас айанньыттарын “Лена-Транс” ХЭУо хампаанньа таһар. “ЛенаВодСервис” хампаанньа дьону-сэргэни уонна таһаҕаһы муус устар 25 күнүттэн саҕалаан тиэйиэҕэ.
“Билигин биэс суудуна сүүрэ сылдьар. Мин биригээдэм муус устар 25-с күнүн кэнниттэн тахсыаҕа. Тарыып 2000 солкуобайтан саҕаланыа. Билиҥҥи туругунан, өрүс туруга үчүгйэ”, – диэн тойон Строев этэр.
Салгын олбохтоох суудуналар Дьокуускай 203-с түөлбэтиттэн сарсыарда 07:00 чаастан киэһэ 20:00 чааска диэри сылдьаллар.