СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов «Кыайыы» өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытта. Вице-премьер этэринэн, быйылгы тэрээһиннэр эһиилги Кыайыы күнүн бэлиэтээһиҥҥэ бэлэмнэнии быһыытынан ыытыллыахтара. Ол курдук, үбүлүөйдээх 2025 сылга региоҥҥа 60 тахса тэрээһин торумнанар.
Билиҥҥи туругунан, Саха сиригэр 2 тыһыынча кэриҥэ Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээнэ (кыттыылаахтар, тыыл бэтэрээннэрэ, блокадниктар) олорор. Итинтэн 13 эрэ – сэрии кыттыылааҕа. Сэрии оҕотун статуһун 12 261 киһи ылбыт.
«Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиэхтээхпит. Кыайыы күнүгэр бэтэрээннэргэ бэриллэр биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ эһиил хас да төгүл үрдүөҕэ. Ол курдук, категориятыттан көрөн, 5 тыһ. солкуобайтан 100 тыһ. солкуобайга диэри төлөнүөҕэ», – диэн Георгий Степанов иһитиннэрдэ.
Быйыл Кыайыы күнүгэр үгэс курдук «Георгиевская ленточка», «Поём двором», «Свеча памяти», «Я горжусь своей семьёй», «Окна Победы» аахсыйалар, сибэкки дьөрбөтүн ууруу уонна да атын тэрээһиннэр буолуохтара. Парад туһунан туох да этиллибэт.
Ил Дархан Айсен Николаев Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнии иитинэн таһаарбыт дьаһалынан, оҕолорго уонна ыччакка анаан саха бойобуой албан аатын суолунан туристыыр маршруттары оҥоруохтара. Ол иһигэр Беларусь, Монголия уонна Кытай бааллар.
Сонун төрдө: CӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата