Киир

Киир

Ыам ыйын 6 күнүгэр Дьокуускайга, Улуу кыайыы 79 сылыгар аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы «Тиэргэнинэн ыллыыбыт» аахсыйа чэрчитинэн, Юрий Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы ускуустуба киинин айар кэлэктиибэ, СӨ ИДьМ  «Служба 02» вокальнай ансаамбыла Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ Наум Слепцов дьиэтин тиэргэнигэр байыаннай кэм ырыаларын ыллаатылар. 

Сэрии алдьархайын илэ көрбүт, этинэн-хаанынан билбит 100 саастаах Наум Трифонович өйө-санаата чөл, тапталлаах Сахатын сирин туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьар. Кини 1945 сыллаахха сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан Японияны утары байыаннай дьайыыларга кыттыбыта. Сэрии кэннэ, учуутал идэтин талан, олоҕун устата математика учууталынан үлэлээбитэ. 96 сааһыгар дуобакка успуорт маастарыгар кандидат буолан, Саха сирин успуордугар эрэ буолбакка, Арассыыйа успуордун устуоруйатыгар ураты суолу тэлбитэ. Наум Трифонович алта оҕо амарах аҕата, уон икки сиэн уонна сэттэ хос сиэн тапталлаах эһэтэ.

WhatsApp Image 2024 05 06 at 14.51.10 2

WhatsApp Image 2024 05 06 at 14.51.11 2

WhatsApp Image 2024 05 06 at 14.51.13

Ытык-мааны сэрии бэтэрээнин Наум Слепцову өрөспүүбүлүкэ ыччат дьыалытын уонна социальнай алтыһыытын миниистирэ Петр Шамаев, киин куорат уокурутааҕы дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Наталья Степанова, Марха түөлбэтин дьаһалтатын салайааччыта Николай Ксенофонтов, Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолаларын иитиллээччилэрэ, уопсастыбанньыктар уонна волонтердар  түмсүүлэрэ эҕэрдэлээтилэр.

WhatsApp Image 2024 05 06 at 14.51.13 1

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата

Хаартыска: Дьокуускай к. уокуруктааҕы дьаһалтатын пресс-сулууспата

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар