Киир

Киир

Бассаапка олус ырыган саха ынаҕын хаартыската тарҕанар. “Ынаҕы илдьибит хаһаайын бэйэтин суотугар аҕаллын, эбэтэр борокуратуураҕа сайабылыанньа суруйуҥ, элбэх харчыны тоһутан ылар сөптөөх кэм эбит. Тыыннаах эрэ буоллун. Кытаатыҥ” диэн уонна да атыннык сорох дьон дойдумсах хаанын оонньото сатыыр, уордайбыт кэмэнтээрийдэрдэри суруйар.

Бу Санкт-Петербург зоопаркатыгар баар Сахаайа диэн саха ынаҕа. Сахаайаны “Орто дойду” зоопаркатыттан ылбыттара. Билигин сааһа 16-та. Барахсан кырдьан да бүппүт, ыалдьыбыт курдук көстөр. Питер зоопаркатыгар урут сүрдээх үчүгэй усулуобуйаҕа турбута. “Саха ынаҕын имэрийии дьолу аҕалар” диэн дьону зоопаркаҕа ыҥыраллара-угуйаллара.

Оттон хомолтолооҕун эттэххэ, Питер зоопаркатыгар Мааны диэн сүрдээх үчүгэй көрүҥнээх саха оҕуһа баар. Ол эрээри, Сахаайабыт тоҕо эрэ биирдэ да чугаһаппатах. Онон Сахаайалаах Мааныттан Питер зоопаркатыттан саха сүөһүтэ кыайан тарҕаммата.

Сотору кэминэн Сахаайабыт хайдах туруктааҕын Питер зоопаркатыгар эрийэн билсиэхпит. Онон кэтэһиҥ.

Бэйэ кэр.  

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар