Өлүөхүмэҕэ өрүс мууһа харан түөрт нэһилиэк ууга барда. 1-кы Нөөрүктээйигэ - 27, 2-с Нөөрүктээйигэ - 20, Кыыллаахха - 62, Хороҕо - 38 дьиэ былдьанна. "Полярные авиалиинии" хампаанньа икки бөртөлүөтэ саҥардыы тиийэн, биирэ дьону көһөрүүгэ, биирэ мууһу эстэриигэ үлэлии сылдьаллар. Оттон итинник көмө ирдэммитэ балай эмэ буолбут.
Бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, 1 Нөөрүктээйи нэһилиэгэр дьиҥ балаһыанньа хайдаҕын Өлүөхүмэттэн суруналыыс Александр Бири иһитиннэрэр:
«Өлүөхүмэҕэ 1 Нөөрүктээйи нэһилиэгин аҥаарын кэриҥин уу ылла. Ити көмүөл Кыыллаах уонна Харыйалаах арыыларыгар харбытын түмүгэр буолла.
Олохтоох дьаһалта сөптөөх дьаһалы ылан, ууга ылларбыт дьиэлээхтэр эрдэттэн уу ылбат үөһээ дэриэбинэҕэ аймахтарыгар тэрээһиннээхтик тахсан биэрдилэр. Аны, уот ситимин остуолбалара муус көҥү анньан охтоннор, уота суох олороллор. Ууга быстарбыт Бири дьаамын олохтоохторугар бородууктаны мотуордаах оҥочонон тиэрдиини тэрийдилэр.
Ол гынан баран, дьон аччыгый станциялары үлэлэтэн, син сорохтор уотунан хааччыннылар эрээри, уматык бүтэн эрэрэ билиннэ. МЧС уолаттарыттан бензин туһунан ыйыттахха санныларын ыгдаҥнатан эрэ кэбиһэллэр. Бензини Өлүөхүмэ куоратыттан уунан хайа баҕарар аҕалыахха сөп этэ. Ол өйдөммөт.
Билиҥҥи туругунан олохтоох дьаһалта нэһилиэккэ көмөнү хайдах оҥорору быһаара сатыыр. Төһө дьиэни-уоту уу ылбытын, ылан эрэрин дрон көмөтүнэн кэтээн учуокка ыла тураллар.
Уопсайынан, Өлүөхүмэ улууһун Дэлгэй, Ииннээх, 1 Нөөрүктээйи, 2 Нөөрүктээйи, Абаҕа, Кыыллаах сэлиэнньэлэрэ ууга бардылар. Кыыллаахха элбэх сүөһү ууга былдьанна диэн буолла.
Улуус салалтата, бырабыыталыстыба ууга барбыт нэһилиэктэр олохтоохторугар суһал көмөнү оҥороллоро эрэйиллэр буолла. Ууттан эмсэҕэлээбит дьиэлэри чөлүгэр түһэрэргэ, бастатан туран, тутуу матырыйаала ирдэнэр. Үгүс дьиэ акылаата туһаттан тахсыбыттара өйдөнөр дии саныыбын. Уу кэлиитэ бу ый 13 күнүгэр өссө күүһүрдэ. Өссө төһө дьиэни ылыа биллибэт».
Бэйэ кэр.