Киир

Киир

Саха сиригэр бэҕэһээ икки төгүллээн сир хамсаата. Иккиһи Нерюнгри Чульманыттан 70 килэмиэтирдээх сиргэ бэлиэтээбиттэр. Ол туһунан СИА-ҕа РАН Геофизикаҕа сулууспатын Саха сиринээҕи салаатыгар иһитиннэрбиттэр. Хамсааһын магнитудата 4,0 баал үһү.

Ити иннинэ олохтоох бириэмэнэн сарсыарда 04:50 чааска бастакы сир хамсааһынан Булуҥ улууһугар Өлүөнэ өрүс төрдүгэр бэлиэтээбиттэрэ. Онно хамсааһын магнитудата 4,5 бааллаах этэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, 4,5 бааллаах магнитуда диэн сир хамсааһынан улахан алдьатыыта суох саамай кыра таһыма буолар.

Бэй.кэр.
СИА хаартыската.      

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар