Киир

Киир

Ыам ыйын 8 күнүгэр Санкт-Петербург зоопаркатыгар өр сылларга турбут  Сахаайа диэн саха ынаҕа олус буорайбыт көрүҥнээх хаартыската соцситимнэринэн тарҕаммыта.

Зоопарка салалтатыгар суруйан, Сахаайа доруобуйатын туругун быһааралларыгар көрдөспүппүт эппиэтэ кэллэ. Доруобуйатын туруга үчүгэй, бэтэринээрдэр көрөллөр, кэтииллэр, ол эрээри, олус кырыйда диэн суруйбуттар.

Саха норуота бэйэтэ сүөһүлээҕин Питерга көрдөрө турбут ынахпыт сирдээҕи олоҕо айылҕатын ыйааҕынан бүтэрэ чугаһаабыт. Хомолтолоох да, хайыыр да кыах суох. Оттон зоопаркалар эдэр саха ынаҕын ылаллара буолуо.

Өр сылларга “саха ынаҕын имэрийии дьолу, табыллыыны аҕалар” диэн угуйуктаан, дьону үөрэппиттэр. Олор  кэлэн  суохтаан “саха ынаҕын аҕалыҥ, имэрийиэхпитин наада” диэн туруорсуохтарын сөп.

Бэйэ кэр.

Бүтэһик сонуннар