Киир

Киир

Нам улууһугар уу таһыма кыралаан түһэн эрэр. Онон сибээстээн, эмсэҕэлээбит бөһүөлэктэри чөлүгэр түһэрии саҕаланна. Ол иһигэр суолу-ииһи. Олохтоохторго толору көмөлөһөллөр.

Өлүөнэ өрүс көмүөлэ Нам, Уус Алдан уонна Кэбээйи улуустарынан ааһар. Муус алын кирбиитэ Кэбээйи Сангаарыгар, оттон үөһээҥҥи өттө – Дьокуускай Хаҥалаһыгар тиийэн турар.

“Нам улууһугар халаан балаһыанньата судургута суох. Ол гынан баран, уу таһыма түһэн эрэр. Нэһилиэнньэлээх пууннарга МЧС, СӨ Быыһыыр сулууспатын бөлөхтөрө уонна мэдиссиинэ биригээдэлэрэ үлэлииллэр. Дьоҥҥо туһааннаах көмө барыта оҥоһуллар.

Хамыыһыйа чилиэннэрэ хоромньуну ааҕаллар. Чөлүгэр түһэрэр, сөргүтэр үлэ номнуо саҕаланна, ол иһигэр суолу-ииһи. Дьиэ-уот, хомунаалынай хаһаайыстыба комплексын уонна тутуу хампаанньаларын анал тиэхиньикэлэрэ эбии көмөҕө бардылар. Бары эмсэҕэлээбиттэргэ анаммыт көмө толору тиийиэҕэ. Ууга барбыт бөһүөлэктэр куурдуналларын курдук, оттук дьыла уһатыллыа”, – диэн Ил Дархан Айсен Николаев муус устар 19 күнүгэр телеграм-ханаалыгар суруйбут.

Сылыктыылларынан, уу таһыма аны Кэбээйи уонна Бүлүү улуустарыгар үрдүөхтээх. Судургута суох быһыы-майгы өссө Орто Халыма улууһугар үөскүөн сөп. Онно Халыма өрүс устубут эрээри, муус харбыт. Онон сибээстээн, Орто Халымаҕа мууһу дэлби тэптэрээччилэр уонна гидрологтар тиийиэхтэрэ.

Бэй.кэр.
Хаартыска: МЧС.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар