Быйыл сайын от ыйын 1 күнүттэн 6 күнүгэр диэри “Азия Оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт VIII оонньууларын кыттааччылара уонна ыалдьыттара араас таһымнаах 50-тан тахса култуура тэрээһинин көрүөхтэрэ. Ол туһунан “Якутия 24” ИП суруйар.
Тэрийээччилэр эппиттэринэн, култуура бырагыраамата “От идеи к истории игр “Дети Азии” (“Арассыыйа – Мин устуоруйам”) быыстапканан саҕаланыахтаах. Экспозияҕа Михаил Николаев көҕүлээһинэн тэриллибит “Азия оҕолорун” устуоруйатын көрдөрүөхтэрэ.
“Тэрийээччилэр култуура бырагырааматын оҕолор да, улахан да дьон сэргииллэрин курдук аттаран оҥоро сатаатылар. Бырагыраама өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев сырдык аатыгар анаммыт “От идеи к истории игр “Дети Азии” быыстапкаттан саҕаланыаҕа. Тоҕо диэтэххэ, бу Оонньуулар кини көҕүлээһинэн саҕаламамыттара. Экспозияцияҕа Оонньуу хайдах, туохтан төрүттээн саҕаламмыта, атаҕар туруута, дьон, оҕо аймах олоҕор, Дьокуускай сайдыытыгар дьайыыта көстүөҕэ”,а– диэн “Азия оҕолорун” култуурунай бырагырааматын дириэксийэтин салайааччыта Сардаана Брызгалова кэпсиир.
“Азия оҕолорун” култуурунай тэрээһиннэрэ Дьокуускай куорат бары кэриэтэ уопсастыбаннай түһүлгэлэригэр буолуоҕа. Ол иһигэр кэнсиэрдэр, интерактивтар уонна да атыттар тэриллиэхтэрэ.
“Күн аайы сарсыарда 11 чаастан киэһэ хойукка диэри киин куорат болуоссаттарыгар ааттаах-суоллаах артыыстар, биллиилээх муусука бөлөхтөрө, айар кэлэктииптэр кыттыылаах кэнсиэрдэр буолуохтара. Тыйаатырдарбыт да арыыланан хаалыахтара суоҕа, саҥа туруорууларын көрдөрүөхтэрэ. Хомсомуол болуоссатыгар тэриллэр “Култуура паарката” түһүлгэҕэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри оҕолорго уонна ыччакка аналлаах уларыйа сылдьар, хатыламмат бырагырааманы көрдөрүөхтэрэ. Мэтээллэри туттарыы сиэрэ-туома эмиэ онно ыытыллыа”, – диир Сардаана Брызгалова.