Киир

Киир

Бэҕэһээ бу нэдиэлэ бүтүүтүттэн Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан паромнар сылдьыахтаахтарын, сыана быйылгыттан ыарыыр буолбутун туһунан сонун тахсаатын кытта, социальнай ситимнэргэ “паром сыаната маннык ыараабыт” диэн суруктаах хаартыска тарҕаммыта. Дьон-сэргэ аһара ыараабыт сыанаттан аймаммыта, долгуйбута.

Ол гынан баран, Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин уматыкка-көлөҕө салаатын салайааччыта Фаина Атласова сыана өссө да биллэ-бигэргэнэ илигин уонна ити тарҕанар хаартыска кинилэр киэннэрэ буолбатаҕын туһунан эттэ.

– Ити биһиги докумуоммут буолбатах. Биһиэнэ өссө да тахса илик. Ити паромщиктар бэйэлэрин тарыыптарын, прейскураннарын быспыттар. Кинилэр сыананы үрдэттэрэр сайаапканы ыыппыттара. Билигин ол чэрчитинэн үлэлии олоробут. Онон, сыан төһө-хас буоларын этэр кыаллыбат. Өссө биирдэ санатабыт, ити биһиги бирикээспит буолбатах, онно сыһыана суохпут, – диэбит Ф.Атласова.

Санаттахха, “Паромы Якутии” тэрилтэ салайааччыта Николай Ефимов “биллэн турар, быйыл сыана ыарыыр” диэбитэ. Ол гынан баран, билигин хас бырыһыанынан буолара биллибэт.

Бэй.кэр.
Хаартыска: МК в Якутии

Санааҕын суруй