Киир

Киир

Ыам ыйын 23 күнүгэр Өлүөнэ өрүс 3 күнүнэн эрдэлээн, Эдьигээн бөһүөлэгин аннынан эһиннэ.

Алын кирбиитэ Эдьигээн анныгар кэлбит. Уу таһыма 817 см (муҥутуур таһым – 1430 см). Муус хойуутук устар. Үрдүкү кирбиитэ Кэбээйи Сангаарыттан 100 км сиргэ тиийбит. Онно уу таһыма 935 см буолан турар (муҥутуур таһым – 1150 см), муус аҕыйаабыт. Көмүөл мууһун устата 335 км. Сууккаҕа 253 км устубут. Булуҥ Күһүүрүн аннынан өрүс ыам ыйын тиһэх күннэригэр барарын күүтэллэр.

– Суукка иһигэр 4 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа (Бүтэй Үрдэ, Тумул, Остуолба, Маймаҕа) 311 тиэргэн ууттан босхоломмут, ол иһигэр 230 ыал олорор дьиэтэ. Уопсайынан, 15 нэһилиэнньэлээх пуунтан уу барбыт, ол иһигэр 629 тиэргэнтэн. Арбыҥҥа билигин даҕаны уу турар. 18 тиэргэн, ол иһигэр 1 ыал олорор дьиэтэ, ууга тураллар. Халаан ааспыт сирдэригэр МЧС үлэһиттэрэ бөҕө-саҕы таһаллар, чөлүгэр түһэрэллэр, дьиэлэри-учаастактары ыраастыыллар”, – диэн МЧС Саха сиринээҕи салаатын Сүрүн управлениетын салайааччыта Павел Гарин иһитиннэрэр.

БҮЛҮҮ

Бүлүү өрүс мууһа Кэбээйи сиринэн устар. Муус алын тардыыта өрүс төрдүгэр тиийбит. Үөһээҥҥи өттө – Хатырык Хомоттон 50 км сиргэ кэлбит. Уу таһыма – 1097 см (муҥутуур таһым – 1220 см). Көмүөл мууһун устата 76 км. Суукка иһигэр 10 км устубут. Кэлэр икки күн иһигэр муус өрүс төрдүгэр түһүөхтээх.

ДЬААҤЫ

Дьааҥы мууһа Үөһээ Дьааҥы уонна Усуйаана улуустарын сиринэн ааһар. Алын кирбиитэ Уус Куйга бөһүөлэгиттэн 30 км сиринэн ааһар. Онно уу муҥутуур таһыма 1200 см буоллаҕына, билигин 697 см буолан турар. Үөһээҥҥи өттө Верхоянскай куораттан 100 км сиргэ тиийбит. Уу таһыма 487 см (муҥутуур – 1020 см), муус аҕыйах. Көмүөл устата – 438 км. Суукка иһигэр 30 км айаннаабыт. Ыам ыйын 23 – 24 күннэригэр Усуйаана Юбилейная гидропоһун таһынан өрүс эстэрэ күүтүллэр.

ИНДИГИИР

Уус Ньара уонна Хонуу икки ардыларыгар Индигиир өрүс мууһа хамсаабыт, ырбыылаан турар. Уу таһыма кыралаан эбиллэр. Уус Ньара уонна Белай Горай икки ардыларыгар өрүс ыам ыйын 23 – 25 күннэригэр эстиэн сөп диэн сылыктыыллар.

ХАЛЫМА

Халыма өрүс Орто Халыма уонна Аллараа Халыма сирдэринэн устар. Алын кирбиитэ Аллараа Халыма Колымское бөһүөлэгиттэн 20 км сиринэн ааһар, мууһа хойуу. Колымское аннынан бүгүн-сарсын эстиэхтээх. Муус үөһээҥҥи кирбиитэ Орто Халыма куораттан 75 км сиргэ тиийбит. Орто Халыма куоратыгар уу таһыма 889 см буолан турар. Ити эҥээр муҥутуур таһым – 1200 см. Муус аҕыйах. Көмүөл устата 267 км. Суукка иһигэр 152 км барбыт.

– Бэҕэһээ РФ МЧС салайааччыта Александр Куренков үлэлиир бөлөх мунньаҕын салайан ыыппыта. Онно өрүстэр туруктарын-балаһыанньаларын, халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннар инфраструктураларын чөлүгэр түһэрэр, нэһилиэнньэ киһилии олоҕун хааччыйыы уонна хоромньуну ааҕыы туһунан боппуруостар көрүллүбүттэрэ. Ону таһынан, Хатырыкка сылдьан нэһилиэнньэни кытта көрсүбүппүт, быстах кэмнээх пууннар хааччыллыыларын бэрэбиэркэлээбиппит”, – диэн Павел Гарин кэпсээбит.  

МЧС Саха сиринэҕи салаатын пресс-сулууспата.    

 

Санааҕын суруй