Киир

Киир

Бу нэдиэлэ саҥатыгар куйаарар чинчилээх. Сорох улуустарга күн оройун саҕана +28 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Ол туһунан Гидрометкиин Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр.

Ыам ыйын 27 күнүгэр Эдьигээн, Өлөөн, Анаабыр уонна Булуҥ улуустарыгар күүскэ тыалырыа. Сөкүүндэҕэ 15 – 20 м түргэннээхтик үрэрэ күүтүллэр.

Саха сирин хотугулуу-арҕаа, соҕуруулуу-илин өттүгэр уонна Өлүөнэ алын тардыытынан ардыа-хаардыа. Бука, өрүстэр баран эрэллэринэн буоллаҕа.

Киин улуустарга бу түүн салгын тэмпэрэтиирэтэ +3...+8, соҕуруулуу-арҕаа уонна арҕаа +7...+12, хотугулуу-арҕаа 0...+5, сорох сиргэ -5 буолара күүтүллэр.  

Күнүһүн киин улуустарга лаппа куйаарар – +23...+28, соҕуруу +17...+22, хотугулуу-арҕаа уонна хоту +12...+17 буолара сылыктанар.

Дьокуускайга бүгүн күнүс хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 3 – 8 м түргэннээх тыаллаах. Салгын тэмпэрэтиирэтэ – +24 кыраадыс.

Бэй.кэр.
Хаартыска: Иван Лазебный / ИА Красная Весна.

Санааҕын суруй