Киир

Киир

Халаан уута өссө да ситэ түһэ илик эрээри, номнуо кууран-хатан эрэр сирдэргэ ойуур баһаардара турдулар. Ол курдук, ааспыт суукка иһигэр Саха сиригэр 6 баһаары (3 ойуурга, 3 аһаҕас сиргэ) умуллардылар, өссө үс сиргэ уот турбута билиннэ. Ол туһунан бүгүн, ыам ыйын 27 күнүгэр, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.

“Быйыл хаар барыаҕыттан 17 ойуур уонна 19 аһаҕас сир (ландшафтный) баһаара бэлиэтэннэ. Билигин барыта 1094 гаа иэннээх ойуур уонна 232 гаа иэннээх түөрт аһаҕас сир баһаара умайа тураллар”, – диэн Д.Садовников кэпсиир.

Кини эппитинэн, 2023 сыллаахха баччаларга 42 гаа иэннээх 11 баһаар тура сылдьыбыта.

“Быйыл баһаар да ахсаана элбээтэ, уот сиэбит сирин да иэнэ кэҥээтэ”, – диэн премьер солбуйааччыта бэлиэтиир.

Онон сибээстээн, улуус баһылыктарыгар сэрэтэр, кэтиир үлэни күүһүрдэргэ, уот турар түгэнигэр суһал быһаарыылары ылынарга соруйдулар.

Санаттахха, быйылгыттан ойуур баһаарын ыыппыт киһини билэн быраабы араҥаччылыыр уорганнарга тыллаатаххына, ол киһи чахчы буруйдааҕа дакаастаннаҕына, 10 – 50 тыһ. солкуобай бириэмийэ харчы ылыахха сөп.

Бэй.кэр.
Хаартыска: МЧС Саха сиринээҕи салаата.