Саха хомуһа дьиҥ таһымнаахтык патеннанна. Ону туоһулуур докумуону Бырамыысыланнай бас билии федеральнай институтун салайааччытын солбуйааччы Александр Прищепа илиититтэн СӨ Тимир уустарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Роман Готовцев тутта.
Ол аата, мантан антах Саха сириттэн атын сиргэ оҥоһуллар хомустар “саха хомуһа” дэнэн бүтэллэр, “контрафакт” быһыытынан сыаналанар буолаллар. Ити патент көмөтүнэн, бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ интеллектуальнай бас билиитэ көмүскэллээх буолар. Ол туһунан эҕэрдэ суругар Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
“Биһиги хомуспутун өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа, ону ааһан, аан дойдуга билэллэр уонна таптыыллар. Бүгүн саха хомуһа дьиҥ таһымнаахтык Саха сиригэр эрэ оҥоһулларын туоһулуур Роспатент докумуонун туттубут. Патент көмөтүнэн, бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ интеллектуальнай бас билиитэ көмүскэллээх буолар” , – диэн Ил Дархан эттэ.
Санатар эбит буоллахха, бу иннинэ ити курдук сир аатын бэлиэтээн туран туттарыллар патент докумуонун саха быһаҕа ылан турар.